"Утум салҕанар” кинигэ сүрэхтэниитэ
Сэтинньи 8 күнэ, 2022 сыл Саха сиригэр Ийэ сылын көрсө Саха Республикатын Бочуоттаах кырдьаҕаһа, Хара нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Бурнашева Валентина Константиновна ийэтигэр Татьяна Еремеевнаҕа анаабыт "Утум салҕанар” кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Сүрэхтэниини иилээн-саҕалаан ыытта Хара нэһилиэгин библиотекаря Терентьева Сахаяна Семеновна. Кыттыыны ыллылар: 1.кинигэ ис тутулун сүрүннээччи РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин ситимин Бочуоттаах ветерана, Мэңэ Аат бэлиэ хаһаайына, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтооҕо Анна Иннокентьевна Климентова. 2. Хара нэһилиэгэ ТС баһылыга Назарова Дария Ивановна, 3.Хаптаҕай нэһилиэгин баһылыгынан үлэлээбит Екатерина Романовна Гаврильева 4.Тараҕай нэһилиэгин баһылыгынан үлэлээбит Гаврил Анатольевич Бурнашев 5. кыраайы үөрэтээччи, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ педагогическай династиятын чилиэнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Майа сэлиэнньэтин уонна Хара нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕор Софья Гаврильевнаҕа Дмитриева 6.нэһилиэк олохтоохторо
08.11.2022