Бастакы өйдөбүнньүк устуоруйата

Бастакы өйдөбүнньүк устуоруйата
1945 сыллаахха, Кыайыы сураҕын истэн баран колхуос бэрэссэдээтэлэ Григорьев Гаврил Николаевич – Харалыыр уола уонна Сталин аатынан колхуос бастыҥ болуотунньуктарын ыҥыран Аҕа Дойду Улуу сэриитин хонуутугар геройдуу охтубут биир дойдулаах буойуттарбыт кэриэстэригэр Москуба Кириэмилин курдук часовня толкуйдаан тутуҥ диэн сорудахтаабыт. Пааматынньык эскиһин уонна былаанын Егор Пахомович Васильев оҥорбута. Онуоха Петров Дмитрий Егорович (Мөччө) - биригэдьиир, Осипов Дмитрий Александрович (Чоруос), Попов Николай Лазаревич (Хохоо), Иванов Николай Яковлевич (Нотооку), Петров Семен Александрович (Мээмий) толкуйдаан тобулан аҕыйах хонугунан тутан саҕалаабыттар уонна Кыайыы ыһыаҕар, бэс ыйын 26 күнүгэр бүтэрбиттэр. Пааматынньык тас өртүгэн: “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат”, “Геройдарга Албан аат!”, “Ветеран, эн хорсун быһыыҥ үйэ саас тухары өлбөөдүйбэтин!” диэн суруктар киэргэтэллэрэ.  Бу Сахабыт сиригэр сэрии толоонугар хаалбыт буойуттарга анаммыт бастакы өйдөбүнньүк-пааматынньык буолар. Кыайыы ыһыаҕын нөҥүө күнүгэр саҥа тутуу аттыгар өргө диэри оһуохайдаабыттар.
2001 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр өйдөбүнньүк часовня пааспара оҥоһуллубута. Олохтоох дьаһалта специалиһа Д.И.Назарова сэрии, үлэ бэтэрээнэ Ефрем Ионович Лукин тылыттан суруйбута.
2006 сыллаахха аан бастаан туруоруллубут миэстэтиттэн, урукку оскуола территориятыттан Кыайыы искибиэригэр көһөрүллүбүтэ.
2015с. ахсынньы 21 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Култууратын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир история, култуура объектарын, өйдөбүнньүктэрин учуотун ыытар, кэтиир, үйэтитэр отдел салайааччыта Г.М.Терентьев аатыгар  425 №-дээх нэһилиэк баһылыга Д.И.Назарова илии баттааһыннаах өйдөбүнньүк-часовня туһунан  ыспараапка оҥоһуллубута.
2016с. олунньу 17 күнүттэн 22 күнүгэр диэри 569 №-дээх РФ Правительствотын 2009 сыллааҕы уурааҕар  олоҕуран эксперт Николай Михайлович Черосов экспертиза оҥорон 7 страницалаах историко-культурнай государственнай АКТ суруллубута.
2020 с. тохсунньу 29 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Култууратын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир култуура объектарын, өйдөбүнньүктэрин учуотун ыытар, кэтиир, үйэтитэр отделын салайааччыта Г.М.Терентьев аатыгар  034 №-дээх нэһилиэк баһылыга Д.И.Назарова илии баттааһыннаах өйдөбүнньүк часовня туһунан  ыспараапка суруллубута.
12.05.2025