Хара нэһилиэгэр «Баай барыылаах Тойон Эһэм!» күрэх

Хара нэһилиэгэр «Баай барыылаах Тойон Эһэм!»  күрэх
«Баай барыылаах Тойон Эһэм!»  күрэх
2012 сыллаахха Ил Дархан ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Булчут күнэ олохтоммута. Ол чэрчитинэн муус устар 20 күнүгэр Хара нэһилиэгэр “Куоҥ Харах” ипподромугар «Баай барыылаах Тойон Эһэм!»  аһаҕас эр дьон икки ардыларыгар хамаанданан ыытыллар ааттаах үчүгэй тэрээһин бэрт сэргэхтик ааста.  Бу күрэх сыала-соруга эр дьону чөл олох тула түмүү, үүнэр көлүөнэ ыччакка өбүгэ үгэһин тарҕатыы, чөл, чэгиэн  олоҕу тутуһуу буолар. Күрэххэ 18 үөһэ саастаах эр дьон, үс киһилээх уопсайа 9 хамаанда кыттыыны ылла. Булчут тыаҕа тахсыан иннинэ айылҕаҕа сүгүрүйүү дьиэтиттэн, үтүө тэлгэһэтиттэн саҕаланар. «Баай барыылаах Тойон Эһэм!» күрэх арыллыытын сиэрин ситэрдэ, туомун толордо алгысчыт Виталий Очиров- Алгыс Ачыырап ыытта.
“Айыллаан” култуура киинин үлэһиттэрэ ыалдьыттары, кыттааччылары  сылаас миининэн, арыылаах алаадьынан, итии чэйинэн күндүлээтилэр.
Күрэх түһүмэхтэрэ тыынан эрдии, быһый атах, таба ытыы, кутааҕа чэй оргутуу, ыйытыктарга хоруй. Кыайыылаахтарынан иккис төгүлүн чемпион үрдүк аатын “Куйуурдьуттар”, иккис  “ИП-лар”, үһүс бириистээх миэстэҕэ “Бэргэн” хамаандалара тигистилэр. Бары да хамаандалар кыайар-хотор туһугар дьаныардаахтык кииристилэр. Кыайыылаахтарга мэтээл, грамота уонна бириистэр туттарылынна.
Дьэ ити курдук, Булчут Күнэ Хара нэһилиэгэр сыл аайы олус көхтөөхтүк, көрдөөхтүк ыытылынна. Баҕарабыт барыгытыгар Баай Байанайбыт өрүү  күндүлүү турдун.  Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буоларгыт быһыытынан,  өттүк харалаах,  кэргэҥҥит,  оҕолоргут-урууларгыт,  чугас дьоҥҥут эһиги Байанайгыт бэлэҕиттэн амсайаннар,  куруук чэгиэн-чэбдик буоллуннар,  күүстэригэр –  күүс эбиллэн,  сүргэлэрэ көтөҕүллэн сырыттыннар булт тула  өйдүүн-санаалыын сынньанан,  түмсэн, сомоҕолоһон, өрүү үтүө үктэллээх сылдьыҥ! Байанайгыт тосхойдун!
Сахаяна Терентьева, Хара нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ


22.04.2025