ДЬЭ! ОЛОҤХО!

ДЬЭ! ОЛОҤХО!
Сэтинньи ый 25 күнүгэр “Уруйдан олоҥхо Манчаары дойдутугар!” Мэҥэ Хаҥалас улууһугар олоҥхо ыйын чэрчитинэн Хара  нэһилиэгин үтүө түөлбэтин, дьондойор саалатыгар “ Айыллаан” култуура киинин сырдык уораҕайыгар “ДЬЭ! ОЛОҤХО!” диэн тэрээһин ыытылынна. Саха сиэринэн алаадьылаан, саламааттаан, сахалыы сыт таһааран, арчылаан ыалдьыттарбытын көрүстүбүт.
Сэргэх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар И.Г.Игнатьев аатынан Хара спортивнай орто оскуолатын  6-7 кылаас үөрэнээччилэрэ, учууталлара, аҕам саастаах нэһилиэкпит олохтоохторо.  "Олоҥхо эйгэтэ" диэн кинигэ быыстапката турда. Тэрээһини  ыытта "Айыллаан" култуура киинин фольклориһа Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Виталий Очиров- Алгыс Ачыырап. Олоҥхо билиҥҥи истээччигэ, чуолаан оскуола оҕолоругар, ыччакка ордук тиийимтиэтик айылҕаҕа чугаһатан үөрэтэн турукка киллэрдэ., өйдөнүмтүөтүк  олоҥхо тула сэһэргэстилэр, саха айылҕа оҕото буоларын быһыытынан этин-хааны уһугуннарыытын, ийэ кылыһаҕын арыйарга маастар кылаас ыытта.
Ыччат дьон олоҥхо дириҥ эйгэтигэр киирэригэр тирэх буолан биир дойдулаахпыт, Хара нэһилиэгиттэн төрүттээх биллиилээх олоҥхоһуппут Николай Иванович Степанов -Ноорой "Күн Эрили" олоҥхотун киириттиттэн быһа тардан толоруутун истээччилэр болҕомтолорун тарта. Хамаанданан арахсан сахалыы остуол оонньуута ыытылынна.
Сахаяна Терентьева Хара нэһилиэгэ
26.11.2024