“Ийэм, аҕам уонна мин – ааҕар дьиэ кэргэн” улуустааҕы куонкурус ыытылынна.
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Майаҕа Чөл олох сылларын чэрчитинэн муус устар 16 күнүгэр Майатааҕы М.И.Брызгалова аатынан оҕо бибилэтиэкэтигэр “Ийэм, аҕам уонна мин – ааҕар дьиэ кэргэн” кинигэ бырааһынньыга үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.
Бу сыллата буолар улуустааҕы тэрээһин 20-тэн тахса сыл ыытыллан кэллэ. Манна быйыл улууспут нэһилиэктэриттэн 6 саамай кинигэни ааҕар дьиэ кэргэн кытыннылар.
Майаттан Виталий Николаевич, Саша Анатольевна Жирковтар уолаттарыныын В.П.Ларионов аатынан орто оскуола 6 “а” кылааһын үөрэнээччитэ Кирилл, 2 “а” кылааһын үөрэнээччитэ Данил, “Чуораанчык” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ Вероника, Майаттан Антонина Юрьевна Игнатьева уолунуун Ф.Г.Охлопков аатынан орто оскуола 6 “а” кылааһын үөрэнээччитэ Гошалыын, Төхтүртэн Николай Егорович, Полина Гаврильевна Дмитриевтэр уоллара И.М.Романов аатынан Төхтүр орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ Дамир, Хараттан Василий Гаврильевич, Эльза Александровна Терентьевтар И.Г.Игнатьев аатынан Хара орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнэээччитэ Сандал, Тиэлигиттэн Индилена, Дьулустан Михайловтар дьиэ кэргэн кыыстарыныын А.А.Пахомов аатынан орто оскуола 5-с кылааһын үөрэнээччитэ Юлиналыын, Төҥүлүттэн Доллу нэһилиэгин олохтооҕо, элбэх оҕолоох ийэ Мария Егоровна 2 уол оҕолорунуун – А.С.Шахурдин аатынан орто оскуола 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Игорь, 1-кы кылааһын үөрэнээччитэ Андрей Шестаковтар кэлбиттэр.
Муҥутуур кыайыылаахтар Хараттан Василий, Эльза, Сандал Терентьевтэр дьиэ кэргэн ааттаннылар. Кинилэр үөрэх управлениета туруорбут Ороссолуодаҕа үөрэхтээһини саҕалаан бастакы оскуоланы туттарбыт “Герасим Иванович Соловьев уонна кини удьуордара” 2 томнаах кинигэнэн наҕараадаланнылар. Терентьевтэргэ Хара нэһилиэгин дьаһалтатын, И.Г.Игнатьев аатынан орто оскуола, “Айыллаан” култуура киинэ, олохтоох бибилэтиэкэ ааттарыттан Махтал сурук, сэмэй бэлэх туттарылынна.

19.04.2024