Сааскы тэтим-2024
«Сааскы тэтим-2024»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын уонна Үөрэҕирии 150 сылларыгар аналлаах Хара нэһилиэгин «Айыллаан» култуура киинин үлэһиттэрэ, улууска биир бастакынан ааптар Татьяна Степанова бырайыагынан тэрийэн ыытар “Сааскы тэтим” тыыннаах доҕуһуолунан фестиваль күрэҕэ быйыл кулун тутар 26 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр 10-с төгүлүн аһаҕас Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сааскы тэтим» диэн тыыннаах доҕуһуолунан вокально-инструментальнай ансамбллары көрүү фестивала үрдүк тэрээһиннээхтик, тэтимнээхтик, бука бары түмсэн, биир санаанан тыыннаах музыка түһүлгэтин үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.
Фестивальга кытта оскуола саастаах оҕолор, улахан дьоннор уопсайа 23 бөлөх, 117 кыттааччы, 23 бөлөхтөр салайааччылара Өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан ол курдук Усть-Яна, Орто Халыма, Дьокуускайтан 4 бөлөх, Сунтаартан 2 бөлөх, Чурапчыттан 4 бөлөх, Хаҥаластан 2 бөлөх, Амматтан, Хатастан, Мэҥэ Хаҥаластан 7 бөлөх кыттыыны ылла кэллилэр. Кэлбит ырыа куттаах ыалдьыттары, Виталий Очиров-Алгыс Ачыырап сахалыы сиэринэн –туомунан, алгыһынан көрүстэ.
Дьүүллүүр сүбэҕэ 10 сыл тухары үлэлээбит “Сэргэ” бөлөх барабанщига Петр Осипов, “Ый Суола” бөлөх гитариһа Айсен Федоров, “Тумат” бөлөх лидера, аранжировщик Эллэй Васильев, “Ый Суола” бөлөх барабанщига Алексей Ефимов, бэрэссэдээтэлинэн Саха рок музыкатын төрүттээччитэ, “Сэргэ” бөлөх автора Роман Плотников сыаналаатылар.
Кылаан бирииһи Дьокуускай куораттан “Кутурар” бөлөх Утуман Васильев салайааччылаах, «Мэҥэ Хаҥалас улууһа» муниципальнай оройуон анаабыт 50 тыһ. сертификатынан наҕараадаланан үөрүү өрөгөйүн биллилэр.
Улахан дьоҥҥо:
Лауреат 1 степени – Майаттан “Ай-Куо” бөлөх Анатолий Босиков салайааччы,
Лауреат 2 степени - Чурапчыттан «Кыл түгэн» бөлөх Айсен Борисов салайааччы,
Лауреат 3 степени – Чурапчыттан «Толбон» бөлөх Василий Николаев салайааччы
Дипломант 1 степени- Төҥүлүттэн “Аартык” бөлөх Петр Заровняев салайааччы
Дипломант 2 степени- Хараттан “Айыллаан” бөлөх Иннокентий Николаев салайааччы
Дипломант 3 степени- Чурапчыттан “Дархан” бөлөх Василий Смирников салайааччы
Оҕолорго:
Лауреат 1 степени - Уус Янаттан «Тумат» бөлөх Николай Слепцов салайааччы
Лауреат 2 степени –Орто Халыматтан «Эрэл» бөлөх Владимир Киприянов салайааччы
Лауреат 3 степени – Сунтаартан «Кэрэли» Владимир Константинов салайааччы
Дипломант 1 степени- Майаттан “Кыраһа” Дмитрий Санников салайааччы
Дипломант 2 степени- Дьокуускайтан “Еще на один день” Михаил Нифонтов салайааччы
Дипломант 3 степени- Майаттан “Долун” Анатолий Босиков салайааччы ыллылар.
Ону таһынан Анал ааттар: «Бастыҥ Бас-гитара»-Дайаана Гаврильева (Табаҕа), «Бастыҥ барабанщик»-Лиана Тумусова (Майа), «Бастыҥ вокал»-Лика Федорова (Дьокуускай), «Бастыҥ Соло-гитара»-Александр Томский (Уус Яна), «Бастыҥ инструмент»-Алина Максимова (Амма), «Көрөөччү биһирэбилэ»-«Сырдык күүс» бөлөх (Чурапчы), «Бастыҥ салайааччы»- Николай Слепцов (Уус Яна), «Бэстибээл арыйыыта»- «Кэрэли» бөлөх (Сунтаар), «Ураты тэтимнээх бөлөх» «Эрэл» бөлөх (Орто Халыма), «Сахалыы тыыннаах бөлөх»-«Айар суол» бөлөх (Хатас), «Кэскиллээх бөлөх» «Хоһуун хотойдоро» бөлөх (Хаҥалас, Нөмүгү), «Бэстибээл саамай эдэр кыттааччыта» «Кэнчээри» (Табаҕа) ыллылар.
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тыыннаах муусуканы төрүттээччи “Сэргэ” рок бөлөх, “Ый Суола”, “Туман”, “Ай Куо” уо.д.а. бөлөхтөр салайааччыларыгар Анатолий Босиковка, улахан тэрээһиҥҥэ спонсордаабыт бар дьоммутугар тэрийээччилэр ааттарыттан, “Хара нэһилиэгин” дьаһалтатын, “Айыллаан” култуура киинин аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Хара нэһилиэгин библиотекаря Сахаяна Терентьева
Кулун тутар 28 күнэ, 2024 с.

29.03.2024