"Эдэр саас чаҕылҕай сулуһа- КОМСОМОЛ" Хара нэһилиэгэр Комсомол тэриллибитэ 105 сылыгар аналлаах тэрээһин
Албан ааттаах комсомол эдэр ыччаты биир сомоҕо гынан түмэ тардан дойдубут сайдыытыгар киллэрбит кылаата сүҥкэн улахан. Алтынньы 31 күнүгэр В.Егоров аатынан “Чыпчаал” спортивнай саалаҕа Хара нэһилиэгин култууратын киинэ ыыппыт Комсомольскай хамсааhын тэриллибитэ 105 сылыгар аналлаах “Эдэр саас чаҕылхай сулуһа – КОМСОМОЛ!” бэртээхэй тэрээһиҥҥэ түмүстүлэр.
Күрэххэ көлүөнэлэринэн, тэрилтэлэринэн кытыыны ыллылар ол курдук: 65 үөһээ саастаах көлүөнэ, И.Г.Игнатьев аатынан Харатааҕы спортивнай орто оскуола коллектива, «Кэрэчээн» оҕо уһуйаанын коллектива, Олохтоох дьаһалта, “Айыллаан” КК, ОДьКХ коллективтара. Хамаанда састааба 8 киһиттэн турар.
1 түһүмэх: “Комсомол төлөннөөх сүрэхтэр...” Визитка. Хамаанда бэйэтин көрүүтүнэн хамаандатын билиһиннэрэр: Комсомол саҕанааҕы ырыалар, хоһооннор, атрибуттары тутаргыт биһирэнэр.
2 түһүмэх: “Кэрэ кэмнэр ааспыттар...” Дьиэтээҕи сорудах: Комсомол кэминээҕи моданы хамаанданан көрдөрөллөр.
3 түһүмэх: “Комсомоллар буоламмыт!” комсомол бойобуой суолларын историятыттан викторина бэриллэр боппуруостарга эппиэттээһин. Темалара: Ыччат Бүтүн Союзтааҕы Ленинскэй Комитетын Союһун үлэтин туһунан уопсай боппуруостар, Саха Сирин комсомола, Мэҥэ Хаҥалас улууһун комсомола, Нэһилиэк комсомольскай тэрилтэтэ.
Ийэ дойдуну таптыырга, үлэҕэ бэриниилээх буолууга, куруутун үлэҕэ, үөрэххэ инники күөҥҥэ сылдьарга иитиллибиппитин ыччаттарбытыгар тиэрдэр гына ахтан-санаан аастыбыт, оччотооҕу ыччаты үлэҕэ, үөрэххэ кынаттаабыт ырыаларбытын ыллаатыбыт.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Д.Ходулов аатынан Норуот айымньытын дьиэтин үлэһитэ Галина Эверстова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын үлэһитэ Эмма Павлова, И.М.Сосин аатынан улуустааҕы киин библиотекатын Харатааҕы филиалын библиотекара Сахаяна Терентьева.
Ол курдук үс түһүмэх кэнниттэн бастакы миэстэни ылла “Кэрэчээн” уһуйаан коллектива, иккис миэстэни И.Г.Игнатьев аатынан Хара орто спортивнай оскуолатын коллектива, үһүс миэстэни аҕам саастаахтаахтар түмсүүлэрэ. Кыттааччылар бары туоhу суругунан, кыайыылаахтар грамоталарына, минньигэс туордунан наҕараадаланнылар.
Улуу Ленин комсомолун 105 сылынан эдэр саас эрэллээх аргыстарыгар, кыттааччыларбытыгар кыттыыгыт иһин махталбытын тириэрдэбит.
Сахаяна Терентьева

01.11.2023