Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сыла
Хара орто спортивнай оскуолатын директорынан үлэлээбит Филиппов Иван Семенович. Өрөспүүбүлүкэ уонна улуус спордугар, физическай хамсааһыныгар аналлаах баай коллекциятыттан быыстапка турда. Быыстапкаҕа 100-тэн тахса Саха сирин, улуус спордун, спортсменнарын туһунан кинигэлэр бааллар. Спортивнай күрэхтэһиилэр: Манчаары оонньуулара, Спортивные игры народов РС/Я, Сельские спортивные игры, Дети Азии онтон да атын улахан күрэхтэһиилэр кинигэлэрэ, балаһыанньалара, дневниктара, журналлара, спортивнай календарьдар түмүлүннүлэр. Маны таһынан, Союз саҕана оноһуллубут Саха сирин спортсменнарын тиэмэнэн арахсыбыт фотонабордара, Манчаары оонньууларын, Тыа сирин оонньууларын, Республиканскай спартакиадалар, Олоҥхо ыһыахтарын күрэхтэһиилэрин, Россия норуоттарын Национальнай көрүҥнэрин фестивалын, Өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Россияҕа ыытыллыбыт мас тардыһыытын күрэхтэһиилэрин судьуйатынан, сэкэритээринэн үлэлээбитин бейджтарын, онтон да атын матырыйааллар көрдөрүүгэ туран дьон болҕомтотун тартылар. Быыстапканы арыаллаан Иван Семенович кэргэнэ, Любовь Иннокентьевна тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылла.
31.10.2023