Арассыыйаҕа аҕа күнүгэр аналлаах "Аҕа дьоло оҕотугар" күрэх ыытылынна
Алтынньы 17 күнүгэр Хара нэһилиэгин В.М.Егоров аатынан “Чыпчаал” успуорт киинигэр, Арассыыйаҕа Учуутал уонна Уһуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Тыа хаһаайыстыбата, Хара нэһилиэгэр дойдуга бэриниилээх буолуу сылыгар “Аҕа дьоло- оҕотугар” бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар Аҕалар күннэригэр аналлаах тэрээһин буолан ааста.
Түөлбэттэн 4 –түү аҕа оҕотунаан кыттыыны ыллылар. Күрэх 4 саастарынан араарыллан ыытылынна: 2-3 кылаас, 4-5 кылаас, 6-8 кылаас, 9-11 кылаас оҕолоро аҕаларын кытта күөн күрэхтэстилэр. Уопсайа 7 түһүмэхтээх суоска тэбии, көтөх ынаҕы туруоруу, таба быраҕыы, кырынаастааһын, кириэс тэбии, ойбонтон уулааһын, көрдөөх эстафета ыытылынна.
Барыта 3 түөлбэ кытынна. Бастакы миэстэ "Үрдьүҥэхтээх", иккис миэстэ "Төрүт" уонна үһүс миэстэ "Дьулуур" түөлбэ буоллулар. Бары түмсэн кэлбит түөлбэлэрбитигэр махталбытын биллэрэбит инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри кыайыылары баҕарабыт.
Тэрээһиммитигэр кыттыбыт И.Г.Игнатьев аатынан Хара орто оскуолатын коллективыгар, олус минньигэс торт астаабыт "Кэрэчээн" уһуйааммыт коллективыгар, чуолаан Мотрена Михайловнаҕа уонна күрэхпитин иилээн- саҕалаан ыыппыт Иннокентий Петрович Максимовка улахан махталбытын биллэрэбит.

19.10.2023