Дьолуолаах Миитэрэйдиин көрсүһүү
От ыйын 1 күнүгэр Хара нэһилиэгин “Айыллаан” култуура киинигэр аһаҕас кэми баттаһа айар дьон быыс -хайаҕас булан, ааҕааччылары кытта илэ көрсүһэр түгэни мүччү туппакка, төрөөбүт улууһугар кэлэ сылдьар кэмигэр ааҕааччыларын кытта көрсүһүү тэрийдибит. Ол курдук, биир дойдулаахпыт мас тардыһыытыгар Сахаада спорт маастара, Саха Республикатын физкультураҕа уонна спорта туйгуна, суруйааччылар сойуустарын норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүтүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, “Ньурба куорат патриота” бэлиэ хаһаайына, Күндээдэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Ньурба уоттара” оройуоннааҕы айар куттаахтар түмсүүлэрин салайааччыта, Саха Республикатын суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Дмитрий Николаевич Пономарев –Дьолуолаах ыалдьыттаата.
Дмитрий Николаевич Пономарев Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Мэлдьэхситигэр атырдьах ыйын 14 күнүгэр 1957 сыллаахха төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Доллу Тумулугар ааспыта. Төҥүлү орто оскуолатыгар үөрэммитэ. Оскуола кэнниттэн армияҕа сулууспалаабыта.1979 сылтан ыал буолан Ньурба улууһун Күндээдэтигэр олорор. 1983 сыллааххха Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун салайар каадырдары бэлэмниир салаатын бүтэрбитэ. “Ньурба”, “Күндээдэ” сопхуостарга тырахтарыыһынан, биригэдьииринэн үлэлээбитэ.Кэлин сүүрбэччэ сыл спорт салаатыгар дириэктэрдээбитэ.
2014 сылтан суруйуулара “Күрүлгэн” литературнай сурунаалга бэчээттэнэн барбыта. 2017 с бастакы “Дьолуолаах” диэн кинигэтэ тахсыбыта,
Төрөөбүт дойду туохха да тэҥнэммэт, сатаан сыаналаммат сүрэххэ саамай ытык өйдөбүл буолар. Хас кэллэҕин аайы Дмитрий Николаевич дойдутугар, аймахтарыгара, доҕотторугар Хараҕа кэлэн сынньанан, ахтылҕанын аһардан ааһар сирэ уота буолар.
Дмитрий Николаевч айар кут кэрэ алыбар ылларан, араас кэрэ хоһооннору суруйарыгар иккис төрөөбүт дойду оҥостон сөбүлээн олохсуйбут, ыал буолбут, үлэлээбит дойдутун, Күөх Ньурба кэрэ айылҕата күүс-көмө буолбута оруоллаах.
Дмитрий Николаевич ааҕааччыларыгар 6 кинигэ ааптара. „Кут уйбат алҕаһа“, „Иэйиим кыымнара“, „Дьолуолаах“, „Ийэм барахсан“, „Биһик“ диэн кэпсээннэринэн биллибитэ. “Биһик” сэһэнин туспа кинигэнэн 2022 сыллаахха ”Айар” кинигэ кыһата бэчээттээн таһаарбыта.
Айар кинигэ кыһата быйылгы сылга үктэнээт “Сыл бастыҥнара” диэн кини үлэтин ис хоһоонун оҥорор дьон тахсыыларын бэлиэтиир тэрээһинигэр кэпсээнинэн суруллубут айымньыларга Дмитрий Николаевич үрдүктүк сыаналанан, “БИҺИК” диэн туспа кинигэнэн тахсыбыт сэһэнэ бастыҥынан ааҕыллан “Сыл бастыҥ прозата” анал аакка тиксэн ситиһиилэммитэ.
Дмитрий Николаевич бэйэтин олоҕуттан саҕалаан, хайдах суруйааччы буолбутун туһунан кэлбит ааҕааччыларыгар сиһилии кэпсээн саҕалаата, ааҕааччылар ыйытыктарыгар хоруйдаата.
Ити курдук норуот тапталын, биһирэбилин ылбыт суруйаачыны Дмитрий Пономаревы-Дьолуолааҕы кытта көрсүһүү олус истиҥник буолан ааста. Суруйааччыны кытта көрсүһэ кэлбит дьоммут-сэргэбит астынан, дуоһуйан, үөрэн-көтөн, бу бэлиэ түгэни ахта-саныы сылдьарга хаартыскаҕа түһэн тарҕастыбыт.
Күндү Дмитрий Николаевич киһи сүрэҕин уйан кылларын таарыйар хоһооннорун ааҕааччы кутун сүрүн тутан, кини бэйэтинэн буолбакка, айымньыларынан бар дьоҥҥор биллэ, айа тута өссө да элбэх хоһооннорун, кэпсээннэрин кинигэ буолан тахса турдуннар диэн баҕа санаабытын этэбит.
Хара нэһилиэгин библиотекаря Сахаяна Терентьева

08.07.2023