"Үтүө киһи аата үйэлэргэ ахтылыннын!"
«Хара нэһилиэгэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин сыллара. 4 том» кинигэбит 6 баһын холкуоһунай тутуу бэтэрээнэ, «1941‒1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллээх, сэрии сылларыгар Сталин аатынан холкуос бэрэссэдээтэлэ
ГРИГОРЬЕВ ГАВРИЛ НИКОЛАЕВИЧ‒ХАРАЛЫЫР УОЛА ХАБЫРЫЫС
сырдык аатыгар сүгүрүйэн туран, кини туһунан ахтыылартан хомуйан оҥорбут суруйуубутунан саҕалыыбыт.
4‒үс томмутугар киирбит хас биирдии докумуон, бэчээккэ тахсыбыт ыстатыйа, түгэн, суруйуу барыта Гаврил Николаевич ити кэмҥэ олорбут олоҕо, үлэтэ. Хас биирдии күн, ый, сыл кини дууһатын, сүрэҕин төһөлөөх хамсаппыта буолуой? Ама судургу буолуо дуо ийэҕэ, аҕаҕа оҕото суох буолбут, сүппүт биллэриитин туттарыы… Олус да ыарахан буолуо армияҕа ыҥырыы туппуттары ол уоттаах сэриигэ атаарыы… Хас күн аайы дьону тыыннаах хаалларар туһугар туох кыаллыан сөбүн толкуйдаан оҥоруу… Кэлэр дьаһаллары барытын ситиһиилээхтик толорууга холкуостаахтары үлэҕэ туруоруу…
Биһиги төрөппүттэрбит дирин ытыктабылынан, махталынан Гаврил Николаевиһы ахтан‒санаан ааһаллара. Оннук сүгүрүйүүнү билигин ол кэмнээҕи холкуостаахтар, олохтоохтор оҕолоро илдьэ сылдьаллар.
Григорьев Гаврил Николаевич
Гаврил Николаевич Григорьев 1897 сыллаахха Хара нэһилиэгэр Илин Хаҥалас улууһугар дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.
1928 сыллаахха нэһилиэгэр «Прогресс» диэн маҥнайгы табаарыстыбаны тэрийсэн, онно бэрэссэдээтэллээбитэ. Ол туһунан «Колхоһу бастаан кимнээх, хайдах тэрийбиттэрэй?» диэн бэйэтин суруйуута «Хара нэһилиэгэ. Нэһилиэк 20‒с үйэҕэ. 2 том.» 183‒188 стр бэчээттэммитэ. Онно маннык суруллубут:
“[…]Аан маҥнай миигин кытта табаарыстыбаҕа холбоспут табаарыстарбынан ини-бии Иван уонна Петр Дмитриевич Осиповтар, П.Е.Петров, Н.Д.Петров буолаллар. Суруксуппут П.Е.Петров этэ.
Ааспытын кэннэ киһи да сонньуйар: бэһиэйэх бэйэбититтэн – үспүт бырабылыанньа чилиэнэ. Бырабылыанньа састаабыгар икки Петрову кытта миигин киллэрдилэр, Осиповтарбыт чилиэнинэн хааллылар. Бары партияҕа да, комсомолга да киирэ иликпит, арай осоавиахим чилиэннэрэ этибит.
Тыа хаһаайыстыбаннай артыал Устаабын быһыытынан, киирии усунуоспутун төлөөн, биирдии көлөбүтүн холбоон, артыал аатырбыппыт. 2 хаһаайыстыбаҕа тимир булууктаахпытын эмиэ уопсайдаабыппыт. Онон бастакы сылбытыгар көмөлөөн, 25 буут сирин ыспыппыт. Билиҥҥинэн барыта 4 гектарга эбэтэр киһи ахсын 0,80 гектарга бурдук ыһар дьон буоллубут. Күһүнүгэр тиийэн сиэрпэнэн быһан, түүтэҕинэн ааҕан, үллэһиннибит. Аны санаатахха, астаан да баран, түҥэттиэххэ баар эбит.[...]( Ленинскэй знамя.- алтынньы ый 18 күнэ.- 1966 с.)”.
1932‒1948 сылларга Сталин аатынан холкуос бэрэссэдээтэлинэн уонна бэрэссэдээтэли солбуйааччынан үлэлээбитэ. 1942 сылтан ВКП (б) чилиэнэ.Уопсайа 53 сыл үлэлээбититтэн 34 сылын холкуоһунай тутуу сайдыытыгар анаабыта. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Гаврил Николаевич тэрийэр, дьаһайар, былаанныыр сатабыла арылхайдык көстүбүтэ. Ол кытаанах кэмҥэ, биир киһини сутаппакка, таҥнары түһүүнү таһаарбакка, колхуоһун аатын өрө тутан бүтүн Сойуус үрдүнэн аатырдыбыта. Ол туһунан дьоммут бу курдук ахталлар. Педагогическай үлэ бэтэрээнэ Николай Иванович Никитин “Харалыыр уола Хабырыыс. (Григорьев Гавриил Николаевич төрөөбүтэ 105 сылыгар)” диэн “Эркээйи” хаһыакка таһааттарбыт улахан ыстатыйатыгар маннык суруйбут:
“[...] Сэриигэ бастакы ыҥырыы 1941 с. от ыйын 29 күнүгэр кэлэр. Онно эдэр туруу үлэһиттэр, ол иһигэр Е.Е.Александров, колхоз председателэ Н.Е. Баланов бараллар. Колхоз председателинэн Григорьев Г.Н. хаалар, сельсовет председателинэн Михайлов А.Е., суотчутунан Гаврильев Г.А. буолаллар. ... Сэриилэһэ сылдьар Кыһыл Армия байыастарыгар аһынан, таҥаһынан хааччыйыыга нэһилиэк дьоно биир бастакынан туруммуттара. 1941 с. от ыйыгар Майа дьахталларын түмсүүлэрин уурааҕын истиҥник биһирээн таҥастарын, күндү малларын техника оҥоһуутугар анаан хомуйбуттара.... Председатель Гавриил Николаевич тэрийиитинэн колхоз хонтуоратыгар итии аһылык тэриллэр. Бурдук атаҕын миэлиҥсэлээн, ону тарга кутан хааһы оҥорон, хас биирдии киһиэхэ баласкаакка кутан аһатан дьон тыынын өрүһүйбүтэ. 1943 сыл Сталинград кыайыытын өрөгөйүнэн саҕаламмыта. [...] (Эркээйи.‒ 2003.‒ олунньу 4 к.)”.
Ити кэм туһунан Илья Яковлевич Григорьев 1997 с‒ха оҕо сааһын туһунан суруйбут ахтыытыгар маннык бэлиэтиир: “Холкуос бэрэссэдээтэлэ Харалыыр уола Григорьев Гаврил Николаевич этэ. Остолобуой аһан дьону аһаппыттара. Ол курдук биһиги нэһилиэккэ улахан сутааһын буолбатаҕа, дьон хоргуйан өлүүтэ тахсыбатаҕа.”
Тыыл, үлэ, партия, комсомол бэтэрээнэ, персональнай пенсионер, 86 саастаах Ларионов Петр Васильевич, 2012 сыллаахха муус устар 29 күнүгэр Гариил Николаевич туһунан ахтыы суруйан биэрбитин кыыһа Светлана Егоровна Аргунова дьиэтээҕи архыыбыгар ууруна сылдьар. Онно маннык ахтыбыт : “[...] Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ колхоз бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Васильев Егор Пахомович саа-саадах тутан сэриигэ барбыта. Дьэ онно, колхоз бырабылыанньатын бэрэссэдэтээлин бурҕалдьытын көхсүгэр сүгэн Гаврии Николаевич Григорьев үлэлээбитинэн барбыта. Сэрии уот кураан сылларыгар колхозтаахтары хоргуппакка, аччыктаппакка талааннаахтык салайбытын олус улаханнык махтана саныылларын мин билэбин. Колхозтаахтарга күҥҥэ биирдэ итии аһылыгы тэрийбитэ. Ыччат звенота тэриллэн икки сменаҕа үлэлээбиттэрэ. Ол туһунан “Чаҕылҕан” хаьыакка суруллан турар. “Бары күүһү фроҥҥа!” - диэн лозунунан салайтаран туран олус элбэх көмөнү оҥорбута. Нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ А.Е. Михайловы уонна партийнай тэрилтэ секретара Е.И. Скрыбыкинаны кытта харчыны, ыарахан сыаналаах металлары, түүлээҕи кыайыы туһугар хомуйан биэрбиттэрэ, ол иһин главнокомандующай Иосиф Виссарионович Сталин махтал телеграмматын ылбыттара.[...]”
Ити кэми Гаврил Николаевичка махтанан үгүс киһи түгэн тосхойдоҕуна ахтара. Ол сурукка хаалбатах эрэ диирбитигэр тиийэбит. Кэмэ оннук буоллаҕа. Дьоммут сэмэйдэрэ бэрт буолан суруйуохтааҕар буолуох мээнэ кэпсээбэт да этилэр. Ити үлүгэрдээх алдьархай ааҥнаабыт сылларын ама хантан айах атан ыһа‒тоҕо сэһэргиэхтэрэй... Ыччат дьон баар буолбутуттан кистии‒саба үөрэн, кэлэр олох үтүөнэн эрэ кинилэр тустарыгар эҥэрдэстин диэн, эйэлээх олох туһугар эмиэ үлэлии‒хамсыы сырыттахтара ... Сахалыы киэҥ толкуйдаах бэрэссэдээтэл Гаврил Николаевич бэйэтэ: “Сэрии, сут сылларын этэҥҥэ туораабыппыт, үлэһит кырдьаҕастар, үлэһит ыччат баар буоланнар,” – диирэ.
Кыыһа Светлана Егоровна Аргунова, билигин Дьокуускай куоракка олорор. Кини маннык суруйан ыытта: “1943 сыллаахха танковай колонна тутуутугар кини салайар Сталин аатынан холкуоһа 200 тыһыынча солкуобайы мунньан ыыппыттар. Ол туһунан архивовед, историк Калашников А.А. «Якутия: Хроника. События. Факты» диэн кинигэтигэр тахсыбыта.
1944 сыл алтынньы 13 күнүгэр «Кыым» хаһыакка тахсыбыт Мэҥэ Хаҥалас оройуонун тыатын хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар Саха АССР сирин оҥоруутун народнай комиссара табаарыс Борисов С.З. Хара нэһилиэгин Сталин аатынан холкуос Саха АССР Совнаркомун көһө сылдьар Кыһыл Знамятын туттарбыттарын туһунан суруйбут.
Сэрии бүтэр 1945 сылыгар Сталин аатынан холкуос үрдүк үүнүүнү хомуйбут. 1945 сыллаахха сэрии толоонугар хаалбыт, сэрииттэн төннүбүт буойуттарга анаан Кремль башнятыгар майгынныыр, үс кэрдиистээх кыһыл сулустаах памятник оҥотторбута. Билигин Хара бөһүөлэгин “Кыайыы скверигэр” турара наһаа үчүгэй. Бастаан оҥоһулларыгар иһигэр холустаҕа маслянай кыраасканан оноһуллубут сэрии сюжеттара бааллара. Хараҕа уус, уруһуйдьут ыччаттар бааллара (Иванов Гаврил, Шарин Борис уо.д.а.). Кинилэр оҥорбуттара.
Бэс ыйын 22 күнүгэр 1945 сыллаахха Майаҕа Улуу Кыайыы ыһыаҕа буолбута. Сарсыныгар Хара канцеляриятыгар Е.М. Ярославскай кэргэнэ Кирсанова К.И. холкуос бэрэссэдээтэлэ Г.Н. Григорьевы кытта тылбаасчытттаах өр сэһэргэспиттэр. Клавдия Ивановна Сталин илии батттааһыннаах телеграмматын туттарбыт. Сталин мэтириэттэх бу телеграмма улуус кыраайы үөрэтэр музейыгар баар. Биһиги аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит Гаврил Николаевич Григорьев аатынан киэн туттабыт. (от ыйын 1 к. 2020с.).”
Сэрии кэнниттэн производство улам уустугуран истэҕин аайы анал үөрэхтээх дьон салайар буолан испиттэрэ. 1948 сылтан Гаврил Николаевич орто звено салайар үлэҕэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Ол курдук 1948 – 1955 сылларга хонуу биригээдэтин биригэдьиирэ уонна сылгы табаарынай пиэрмэтин сэбиэдиссэйэ, 1955‒1962 сылларга холкуос производственнига.
Григорьев Г.Н. “1941‒1945 сс Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн, Саха АССР Верховнай советын Президиумун Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.
1968 сыл олунньу 8 күнүгэр уһун уонна ыарахан ыарыы кэнниттэн оройуон кырдьаҕас коммунистарыттан биирдэстэрэ, холкуоһунай тутуу бэтэрээнэ, персональнай пенсионер Гаврил Николаевич Григорьев орто дойдуттан барбыта. Кини көмүс уҥуоҕа төрөөбүт, олорбут, үлэлээбит Харатын сиригэр көмүллүбүтэ.
Дойдубут саамай тыҥааһыннаах кэмигэр, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар чиэһинэйдик, үтүө суобастаахтык үлэлээбит, Сталин аатынан холкуос бэрэссэдээтэлэ, коммунист, Гаврил Николаевич Григорьев ‒Харалыыр уола Хабырыыс сырдык аата ааттана, ахтылла туруо.
Ахтыылар “Хара нэһилиэгэ” МТ архыыбыттан ылылыннылар.

22.06.2023